Тыйаах
Тас көрүҥэ
Тыйаах (нууч. свиязь, лат. Anas penelope L.) — орто кус, көҕөнтөн уонна моонньоҕонтон кыра гынан баран чөркөөкүтээҕэр быдан улахан..
Саас иссэр кэмигэр атыыра сүүһэ уонна кэтэҕэ кытархай, хабарҕата уонна түөһүн сорҕото кытархайдыҥы бороҥ, көхсө уонна ойоҕоһо туора дьураалардаах бороҥ, өрөҕөтө үрүҥ. Тумса уонна атаҕа сибиньиэстиҥи бороҥ. Тыһыта арыый бөлөөркөй өҥнөөх.
Атыырын кынатын уһуна — 255-270 мм, ыйааһына — 600-900 г. Тыһытын кынатын уһунан — 232-265 мм, ыйааһына — 300-770 г.[1]
Тарҕаныыта
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Саха сиригэр туундараттан ураты барытыгар үөскүүр. Хотугу кирбиитэ барыллаан 70-с кэтирээһиҥҥэ диэри тиийэр.
Ыам ыйын иккис аҥаарыгар кэлэр, балаҕан ыйын иккис аҥарыгар барар.
Үксүн уу үүнээйитин үнүгэһинэн аһылыктанар.
Өссө маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Туһаныллыбыт сирдэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Справочник-определитель уток РС(Я), А. Г. Ларионов, Г. П. Ларионов, Дьокуускай, ЯФ из-ва СО РАН, 2001
- ↑ Сидоров Б.И. Знаете ли вы птиц Якутии. Справочник-определитель. Дь., Бичик. 1999