Иһинээҕитигэр көс

1634 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: 1634 көстө)
Сыллар
1630 1631 1632 163316341635 1636 1637 1638
Уоннуу сыллар
1600-с 1610-с 1620-с1630-с1640-с 1650-с 1660-с
Үйэлэр
XVI үйэXVII үйэXVIII үйэ

1634 сыл.

Бүлүү куората төрүттэммит.


  • Тохсунньу 5 — Нам улууһугар 600-1000 саха боотура Өлүөнэ остуруогун төгүрүйээри тоҕуоруспуттарыгар атаман Иван Галкин 47 аттаах хаһааҕы кытары саба түспүт. Сахалар бастаан оҕунан ытыалыыллар, онтон үҥүүлээх уонна батыйалаах аттаах дьонунан сырыһыннаран кимэн киирэллэр. Манна 40-ча киһилэрин сүтэрэллэр. Бу сэриигэ Откурай диэн сахалар биир тойонноро ыараханнык бааһырар. Хаһаахтар аттарын барытын сүтэрэллэр, элбэх хаһаах ол иһигэр Иван Галкин бэйэтэ бааһыраллар. Кыргыһыы түмүгэр хаһаахтар остуруокка куоталлар. Сахалар остуруогу төгүрүйэллэр, уонна икки ый кэриҥэ кими да киллэрбэккэ да, таһаарбакка да сыталлар. Остуруокка сытар дьоҥҥо аччыктааһын буолар, бэринэллэрэ эбэтэр хоргуйан өлөллөрө аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ олунньу бүтүүтүгэр сахалар тоҕо эрэ баран хаалаллар.
  • Тохсунньу 9Сахалар Өлүөнэ остуруогун төгүрүйбүттэр, олунньу 28 күнүгэр дылы оннук олорон баран бороҕоннор уонна хаҥаластар тыл тылларыгар киирсибэккэ баран хаалбыттар.
  • Ыам ыйын 9 — Хаһаак атамаана Галкин Бөтүҥ улууhугар ыар ыалдыт буолан тиийбит. Ыам ыйын 9 күнүгэр "якольских князцей Бурдуя и Семена Улта" курээри сылдьалларын тохтоппут диэн суруллар. Бу иннинэ, күһүн, Өлүөнэ остуруогар былааһы бирикээсчит Ходыревтан күүһүнэн былдьаабыт, оттон кини дьоно олохтоох сахалары аһара халаан-талаан өрө туруорбуттар эбит. Ол курдук намнар кини 50-ча киһилээх этэрээтин куотарга күһэйбиттэр, сырсан кэлэн остуруогу төгүрүктүү сылдьыбыттар. Төгүрүктээһиҥҥэ бороҕоннор уонна хаҥаластар кыттыбыттар.

Өссө маны көр: Категория:1634 сыллаахха төрөөбүттэр

Өссө маны көр: Категория:1634 сыллаахха өлбүттэр