Иһинээҕитигэр көс

Алтынньы 10

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алтынньы 10 диэн Григориан халандаарыгар сыл 283-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 284-c күнэ). Сыл бүтүө 82 күн баар.

  • ХНТ ХНТ — Аан дойдутааҕы уйулҕа чэгиэнин (психическэй доруобуйа) күнэ
  • Европа Сойууһа — Европатааҕы суутунан өлөрүүнү (смертная казнь) утары охсуһуу күнэ
  • Кууба (дойду) Кууба (дойду) — Тутулуга суох буолуу күнэ. 1868 сыллаахха Испанияттан тутулуга суох буолуу иһин 10 сыллаах сэрии саҕаламмытын бэлиэтииллэр
  • Кытай Кытай — Икки уон күнэ. 1911 сыллааҕы Синьхай өрөбөлүүссүйэтин саҕалаабыт Учааннааҕы өрө турууну бэлиэтиир күн
  • Фиджи Фиджи — Фиджи күнэ. 1970 сыллаахха Британияттан тутулуга суох буолбут
  • Финляндия ФинляндияФиинн литэрэтиирэтин күнэ
  • Хотугу Кэриэйэ Хотугу Кэриэйэ — Баартыйа төрүттэниитин күнэ
  • Украина Украина — Украина стандартизация и метрология үлэһиттэрин күнэ
  • 680 — Кербела кыргыһыыта. Омейяд династиятын сэриитэ Муhаммед сиэнин Хусейн ибн Али этэрээтин кыргыбыт. Бу түбэлтэ исламҥа суннит уонна шиит салааларын ыккардыларыгар арахсыы саҕаланыытынан ааҕыллар.
  • 732 — Пуатье кыргыһыыта. Галлияҕа саба түспут араб сэриитин уонна Франк хоруоллугун сэриилэрин икки ардыларыгар кыргыһыыга Карл Мартелл салайыылаах франктар кыайбыттар. Бу арабтар Европаҕа саамай ырааппыт түгэннэрэ.
  • 1640 (уруккуннан балаҕан ыйын 30) — Өлүөнэ өрүс баһыгар, Кута диэн үрэх түһэр сиригэр ампаардары тутар туһунан бойобуода Бүөтүр Головин отписката суруллубут. Кута үрэххэ бояр уола Василий Власьевы, пятидесятник Пронка Важенкины уонна болуотунньуктары ыытар туһунан суруллубут[1]. Бу Кута үрэҕин баһыгар Ангараа салаата Илим үрэхтэн буолак (соһор сир) баара. Бу буолагынан хаһаактар аалларын соһон, Ангараа салаатыттан Өлүөнэ салаатыгар тиийэллэрэ.
  • 1911Кытайга Учаннааҕы өрө туруу саҕаламмыт. Мантан саҕалаан Синьхай өрөбөлүүссүйэтэ өрө күөдьүйбүтэ. Түмүгэр маньжурдар салайар Цин импиэрийэлэрэ сууллубута, өрөспүүбүлүкэ олохтоммута.
  • 1915Марха улууһун икки улууска араарбыттар: Ньурба уонна Марха.
  • 1918 — Арассыыйаҕа уһун бэлэмнэнии кэнниттэн саҥа таба суруйуу быраабылата олоххо киирбит.
  • 1919 — Дьокуускай уокуругун суута «Бассабыыктары утары охсуһууга өлбүттэр сырдык кэриэстэрин үйэтитии уопсастыбатын» устаабын бигэргэппит.
  • 1932Украинаҕа 5 сыллаах тутуу кэнниттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга ДнепроГЭС аһыллыбыт. ДнепроГЭС таһыгар Запорожьеҕа металлургическэй, химическэй, машиностроительнай комплекс тэриллибитэ.
  • 1941 — Кыһыл Аармыйа байыастарыгар анаан Саха сиригэр 22916 ичигэс таҥас, 19183 куобах тириитэ, 295 араас тирии, 786 араас мал-сал, барыта 43180 мал хомуйуллубут.
  • 1945 — Ким Ир Сен баһылыктаах Кэриэй үлэһит баартыйата тэриллибит.
  • 1967Космос туһунан дуогабар күүһүгэр киирбит. Хайа да дойду космос эбийиэктэрин бэйэтин киэнинэн биллэриэ суохтааҕа уонна космоска ядернай сэрии сэбэ суох буолуохтааҕа этиллибит.
  • 1995Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 191 №-дээх уурааҕынан Алдан улууһугар "Үөһээ Амма" заказник тэриллибит.
  • 2006ВКонтакте түмэт-ситим үлэтин саҕалаабыт.


  1. РГАДА. Фонд 117. Якутская приказная изба. Стб.148, Л.5