Алюминий
| |||||||||||||||
Бүтүн билиилэрэ | |||||||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Аата, бэлиэтэ, нүөмэрэ | алүминиум, Al, 13 | ||||||||||||||
Элемент категорията | poor metal | ||||||||||||||
Бөлөҕө, периода, блога | 13, 3, p | ||||||||||||||
Өҥө | бороҥ | ||||||||||||||
Атом маассата | 26.9815386(13) g·mol−1 | ||||||||||||||
Электрон конфигурацията | [Ne] 3s2 3p1 | ||||||||||||||
Электрон хахха | 2, 8, 3 (Image) | ||||||||||||||
Физик характеристикалара | |||||||||||||||
Фазата | solid | ||||||||||||||
Чиҥэ | 2.70 g·cm−3 | ||||||||||||||
Убаҕас чиҥэ уулларыгар | 2.375 g·cm−3 | ||||||||||||||
Ууллуу кэрдииhэ | 933.47 K (660.32 °C, 1220.58 °F) | ||||||||||||||
Оргуйуу кэрдииhэ | 2792 K (2519 °C, 4566 °F) | ||||||||||||||
Ууллуу итиитэ | 10.71 kJ·mol−1 | ||||||||||||||
Уостуу итиитэ | 294.0 kJ·mol−1 | ||||||||||||||
Итиини иҥэримтиэтэ | (25 °C) 24.200 J·mol−1·K−1 | ||||||||||||||
| |||||||||||||||
Атом характеристикалара | |||||||||||||||
Кристал тутула | face centered cubic 0.40494 nm | ||||||||||||||
Аhыйыы нүөмэрэ | 3, 2 [1], 1 [2] (amphoteric oxide) | ||||||||||||||
Электромэлдьэhиитэ | 1.61 (Pauling scale) | ||||||||||||||
Ионизация энергиялара | |
1st: 577.5 kJ·mol−1 | ||||||||||||||
2nd: 1816.7 kJ·mol−1 | |||||||||||||||
3rd: 2744.8 kJ·mol−1 | |||||||||||||||
Атом радиуhа | 125 pm | ||||||||||||||
Атом радиуhа (calc.) | 118 pm | ||||||||||||||
Ковалент радиус | 118 pm | ||||||||||||||
Атын билиилэрэ | |||||||||||||||
Магнетизма | paramagnetic | ||||||||||||||
Электрик утарыы | (20 °C) 28.2 nΩ·m | ||||||||||||||
Итиини ыытыы | (300 K) 237 W·m−1·K−1 | ||||||||||||||
Итии кэҥээhинэ | (25 °C) 23.1 µm·m−1·K−1 | ||||||||||||||
Тыас түргэнэ (thin rod) | (r.t.) (rolled) 5000 m·s−1 | ||||||||||||||
Юҥ модула | 70 GPa | ||||||||||||||
Кытаанах модула | 26 GPa | ||||||||||||||
Сабардам модула | 76 GPa | ||||||||||||||
Пуассон коэффициена | 0.35 | ||||||||||||||
Мос скалата | 2.75 | ||||||||||||||
Виккерс кытаанаҕа | 167 MPa | ||||||||||||||
Бринелл скалата | 245 MPa | ||||||||||||||
CAS регистрация нүөмэрэ | 7429-90-5 | ||||||||||||||
Алүминиум диэн химия элемена. Бэлиэтэ Al уонна атом нүөмэрэ 13.[1]
Өйдөбүлэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Алюминий (Al, лат.aluminium) - периодтаах систиэмэ үһүс бөлөҕүн иккис периодын метала, кэрискэ нүөмэрэ 13, холбоһуктарыгар +3 аһыйыы истиэпэнин көрдөрөр. Сир үрүт араҥатыгар тарҕаныыга кислород уонна кремний кэнниттэн үһүс миэстэни ылар (8,8%). Ыраас алюминий үрүҥ көмүстүҥү сырдык өҥнөөх чэпчэки металл, 660°С ууллар, итиини уонна электричествоны аһарымтыа, ньыҕаллымтыа, боробулуоха буола чэпчэкитик тардыллар, илиис эбэтэр фольга буола тапталлар, оксиднай бүрүөһүн түргэнник үөскүүр буолан таһыттан дьайыыны, дьэбини тулуйар.
Элэмиэн аата латынскай alumen диэн тылтан үөскээбит- квасц
Үөскээбит устуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Аан маҥнай алюминийы датскай физик Ганс Эрстед 1825 сыллаахха таһаарбыт. Кини бу элэмиэн хлоридын кытта калий амальгамы оргутан тимирин араарбыт. Кэлин Эстер ньыматын Фридрих Велер тупсарбыт. Кини хлорид алюминий ыраас тимир калийга тиийиитин уонна алюминий химическэй суолтатын суруйбут.
Аан маҥнайгы оҥорон таһаарыны 1854 сыллаахха Сент-Клер Девиль калий оннугар натрийы туттан Велер ньыматын туттан таһаарар. Сыл кэннэ Париж быыстапкатыгар 1855 сыллаахха кини уһаарыллыбыт алюминыйы көрдөрөр, онтон 1856 сылга хлорид алюминий-натрийы икки төгүл тууһун электролиһынан уулларан алюминийы таһаарар.
Электролит ньыматынан алюминийы киэҥник оҥорон таһаарыы тарҕана илигинэ бу металл кыһыл көмүстэн сыаналаах этэ. 1889 сыллаахха британиялар сыаналаагы бэлэхтээри нуучча химигэр Д.И. Менделеевкэ ыйааһын бэлэхтээбиттэр, чааскытын иһиттэрэ кыһыл көмүстэн уонна алюминийтан оҥоһуллубут.
Састааба
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Арассыыйага алюминийы ол кэмнэргэ үрүҥ көмүс туой дииллэрэ, тоҕо диэтэххэ туой сүрүн састаабыгар глинозем Al2O3 киирэр. Электролиз көмөтүнэн тимири уулларан криолитка оҥорон таһаарыы Al2O3 1886 сыллаахха Ч.Холл уонна П.Эру тус туспа бэйэ бэйэлэриттэн тутулуга суох оҥорон таһаарбыттара.
Холбоһуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Алюминий холбоһуктара, ол эбэтэр, алюминий уонна калий икки төгүл туустара – квасцы KAl(SO4)2 • 12H2O – былыр былыргыттан киэҥник биллэр уонна туттуллар.
Алюминий кислороду кытта кытаанах химическэй холбоһук үөскэтэр. Атын металлары кытта тэҥнээтэххэ алюминий металлга челлүтүүтэ уустук буолар, ол кини урдук реакционнай кыахтаах уонна үрдүк температуранан уулларар атын бэйэтин рудаларын, холобур, окситтары, корундылары. Көннөрү металлга чөлүгэр түһүү оксидтаах уотунан (холобур, металлургическай дьайыыларга металлга чөллүтүү) – кыаллыбат, кислород алюминийы кытта майгыннаһар өрүттэрэ элбэх углеродка холоотоххо.
Туттуллуута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Киэнник конструкционнай материал курдук туттуллар. Бу хаачастыбаҕа алюминий сүрүн үчүгэй өттө - чэпчэки , штамповкаҕа бэринимтиэтэ, коррозионнай өр турумтуота (салгыҥҥа алюминий түргэнник Аl2О3 бөҕө бүрүөннэн бүрүллэр, ол бүрүө кини инники аhыйыытыгар мэhэй буолар), үрдүк итиини аһарымтыалаах , холбоһуута дьаата суох буолар. Быстахтык ыллахха, ити свойстволар алюминийы кухоннай иһит , алюминиевай фольга ас промышленноһыгар уонна суу оноруутугар киэнник биллэр гыммыттара. Маннайгы үс свойство, алюминийы авиационнай уонна авиокосмическай промышленностька сүрүн сырье онорбуттара.
Химическэй свойствата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Алюминий бэйэтигэр сөптөөх мэктиэтигэр сылдьан чараас уонна бөҕө бүрүөнэн бүрүллэр, ол иһин классическай аһытааччылары кытары реакцияҕа киирбэт. Холобур, О2, HNO3 (итиитэ суох), H2SO4 (концентрированнайы) кытары, ол эрээри HCl уонна H2SO4 (суураллыбыты) кытары реакцияҕа чэпчэкитик киирэрэ биллэр. Ол көмөтүнэн алюминий коррозияҕа ылларбат, онон билиҥҥи промышленность эйгэтигэр киэҥ биһирэбили ылан турар. Онтон оксиднай бүрүө алдьанан хаалар түгэнигэр, холобур, аммоний тууһун суурадаһын кытары NH+, итии солохтору кытары уонна ртуть металын кытта уһаарбатын кэнниттэн). Алюминий бэйэтэ көхтөөх металл-чөллөөччү курдук көрдөрөр. Өскөтүн алюминий оксиднай пленкаланыан наадата суох эбит буоллаҕына, кинини галлий, индий эбэтэр олово эвтектикаларыгар таһын инчэтэн ылыахха сөп.
- Боростуой веществолары кытары түргэнник холбоһор:
- кислородтуун, оксид алюминия таһаарар
- 4 Al + 3 O2 = 2 Al2O3
- 2. Галогеннары кытары дьиэ иһинээҕи температураҕа (фтортан ураты), хлорид, бромид или иодид алюминия таһаарар
- 2Al + 3Cl2 → 2AlCl3
- 2Al + 3Br2 → Al2Br6
- 2Al + 3l2 → Al2I6
3. Атын неметаллары кытта ититтэххэ:
- фтордуун, фторид алюминия таһаарар
2Al + 3F2= 2AlF3
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
Периодтаах таабыл | |||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
H | He | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
Li | Be | B | C | N | O | F | Ne | ||||||||||||||||||||||||||||||||||
Na | Mg | Al | Si | P | S | Cl | Ar | ||||||||||||||||||||||||||||||||||
K | Ca | Sc | Ti | V | Cr | Mn | Fe | Co | Ni | Cu | Zn | Ga | Ge | As | Se | Br | Kr | ||||||||||||||||||||||||
Rb | Sr | Y | Zr | Nb | Mo | Tc | Ru | Rh | Pd | Ag | Cd | In | Sn | Sb | Te | I | Xe | ||||||||||||||||||||||||
Cs | Ba | La | Ce | Pr | Nd | Pm | Sm | Eu | Gd | Tb | Dy | Ho | Er | Tm | Yb | Lu | Hf | Ta | W | Re | Os | Ir | Pt | Au | Hg | Tl | Pb | Bi | Po | At | Rn | ||||||||||
Fr | Ra | Ac | Th | Pa | U | Np | Pu | Am | Cm | Bk | Cf | Es | Fm | Md | No | Lr | Rf | Db | Sg | Bh | Hs | Mt | Ds | Rg | Cn | Nh | Fl | Mc | Lv | Ts | Og | ||||||||||
|