Иһинээҕитигэр көс

Бикипиэдьийэ:Дьон суолтатын киритиэрийдэрэ

Бу сирэй ырытылла турар.
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бу сиэр барыла. Ырытыы манна баар: Бикипиэдьийэ:Сиэри ырытыы/БП:БИО
Кылгас сигэ-утаарыы
БП:БИО
БП:ДьСК

Ханнык баҕарар энциклопедияҕа курдук Бикипиэдьийэҕэ урут олоро сылдьыбыт да, билигин да тыыннаах дьон биографиялара баар. Бу дьон тиһиктэрэ улаханнык хааччахтаммат эрээри аан дойду дьоно барыта манна киирэрэ табыллыбат.

Сирэйдэри сотуу Сирэйдэри сотуу
Сүрүн сиэр-туом
Суолта критиэрийдэрэ
Категориялар
Ырытыы сирэйдэрэ


== Олорон ааспыт дьон ==

Кылгас сигэ-утаарыы
БП:ААСПЫТ

Өлбүттэрэ быданнаабыт дьон суолталара улахан мөккүөрү таһаарбат, тоҕо диэтэххэ устуоруйа кинилэр суолталарын ырылыччы көрдөрөр. Киһи-аймах сайдыытыгар күттүөннээх уларытыыны киллэрбэтэх дьон кэлин умнулаллар. Маннык дьон суолталарын быһаарарга көмө буолар ыйытыылар:

  1. Бу киһи ханнык эмэ эйгэҕэ испэсэлиистэр билинэр кылааттарын оҥорбут дуо?
  2. Кини туһунан өлбүтүн кэннэ ханна эмит суруйбуттар дуо? (төрүччүгэ, генеалогияҕа сыһыаннаах чинчийииттэн ураты)?
  3. Итэҕэтиилээх ыйынньыктарга (кинигэлэргэ), кыараҕас эйгэҕэ сыһыаннаах да буоллун, краеведтар таһаарыыларыгар иҥин аата ааттанар дуо?

Бу киһи туһунан интэриниэккэ суоҕа болҕомтоҕо ылыллыа суохтаах: баччааҥҥа дылы ситимҥэ киһи-аймах мунньубут билиитэ толору киирэ илик.

Маны таһынан, аныгы дьон суолталарын ырытар киритиэрийдэри көрөр туһалаах буолар (аныгыскы салааны көр).

Тыыннаах (эбэтэр соторутааҕыта өлбүт) дьон суолталарын быһаарар уустук. Бикипиэдьийэҕэ баар буолалларын суоҕун быһаарарга мантан аллара бэриллибит киритиэрийдэри туһаныҥ.

  1. Кини туһунан информация тургутуллара: ыстатйыаҕа бэриллибити кырдьыгын тутулуга суох источниктар бигэргэтэллэр дуо? 10 сылынан бу балаһыанньа оннунан хаалыа дуо?
  2. Толоруллар кыаҕа: ыстатыйа омооно хаһан эмэ толору ыстатыйа буолар кыахтаах дуо? Бу киһи туһунан ыстатыйа хаһан эмит бастыҥ ыстатыйа аатын ылыан сөп дуо?


Эбии критиэрийдэр

[биики-тиэкиһи уларытыы]

Бэйэ туһунан ыстатыйалар

[биики-тиэкиһи уларытыы]

Бикипиэдьийэҕэ киһи бэйэтин эбэтэр чугас (тутулуктаах) дьонун туһунан (аймахтарын, салайааччыларын, өстөөхтөрүн уо.д.а.) ыстатыйаны суруйара биһирэммэт. Өскө Эн тускунан, эбэтэр чугас киһиҥ туһунан ыстатыйа тахсара дьоҥҥо туһалаах диир буоллаххына — ол киһи аатын Бикипиэдьийэ:Айарга/Дьоннор диэн сиргэ суруй: инньэ гынан Бикипиэдьийэ бары кыттааччыларыгар Бэйэҥ хандьыдааккын туруораҕын.