Грипп
Грипп оҕолорго тарҕанар вирус ыарыыта, улахан дьоҥҥо ол курдук киэҥник тарҕатыллыбатах. Киһи эрэ буолбакка атын кыыллар уонна чыычаахтар эмиэ ыалдьыахтарын сөп. Араас-араас вирустартар тутулуктааҕын иһин киһи хаста да ыалдьыан сөп.
Тарҕаныыта уонна симптомнара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Киһи грипынан атын киһиттэн олус чэпчэкитик ыалдьыан сөп. Ыалдьыбыт киһи сөтөлүн уонна ытырдыытын нөҥүө тарҕанар. Симптомнара сөтөл, ытырдыы, эт ыалдьар уонна температура, сороҕор дьон хотуолуур уонна сыптарынныыр. Атын кутталлаах ыарыыларга - пневмонияҕа дылы тиэрдиээн сөп, ол иһин оҕолорго уонна кырдьаҕас дьоҥҥо олус кутталлаах буолар
Билигин грипп утары эмп суох, ол гынан баран вируһу кытта охсуһар эмтэри тутталлар, оччоҕо киһи оннук уһуннук ыалдьыбат.
Грипп сезона күһүн саҕаланар уонна сааска дылы буолар. Элбэх киһи ыарыйдаҕына эмидемия диэн ааттанар.
Грипп вируһугар уларытыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сыл аайы киһиттэн киһиэхэ тарҕанарыгар кыракыйдык уларыйар, оннук вируһу киһи ыалдьыан сөп.
Вакциналар ордук тарҕаммыт вирус штаммнарыгар эрэ бэлэмнэнэллэр, уонна сотору сотору уларытыллар.
Сорох вирустар дьоҥҥо кыыллартан тарҕанар. Ол курдук чыычаах гриппа киһиэхэ кууруссаттан тарҕанар. Оннук грипп олус ыараханнык ааһар, ол гынан баран атын дьоҥҥо ордук кэминэн тарҕаммат.
Биир киһиэхэ эбэтэр кыылга вирус икки штамма биирдэ баар буоллаҕына вирус уларыйыан сөп. Ол вирустар генетическай информацияны атастаһаллар оччоҕуна саҥа вирус көрүҥэ үөскүүр. Кыыл вируһа оннук уларыйдаҕына киһиттэн киһиэхэ олус киэҥник тарҕаныан сөп уонна олус ыараханнык ааһар уонна киһини өлөрөр,
Саҥа вирустар үксүгэр пандемияны үөскэтэр, ол иһин учуонайдар билигин чыычаах гриппын олус болҕомтолоохтук чинчийэ сатыыллар - ол вирус уон ыалдьыбыт киһиттэн алтаны өлөрөр. Киһиэхэ тарҕанар буоллаҕына улахан проблеманы үөскэтиэн сөп.