Умсан
Тас көрүҥэ
Умсан, эбэтэр балыксыт (лат. Pandion haliaetus, нууч. скопа) — умсаннар кэргэннэригэр киирэр бөдөҥ тыҥырахтаах көтөр.
Этин-сиинин уһуна 55—58 см, кынатын далааһына 145—170 см. Уһун кынаттарын төбөтө өҕүллүүлээх буолар. Тыһыта ыйааһынынан 20% ыарахан, кынатын далааһынынан 5-10% улахан буолар. Сиппит көтөр атыырын ыйааһына1200—1600 г, тыһыта — 1600—2000 г.
Умсан 4 подвидтаах:
- P. h. haliaetus — бөдөҥ уонна хараҥа дьүһүннээх подвид. Евразияҕа олохсуйар.
- P. h. carolinensis — эмиэ бөдөҥ уонн ахараҥа өҥнөөх. Хотугу Америкаҕа үөскүүр.
- P. h. ridgwayi — төбөтө арыый сырдык. Улахана P. h. haliaetus курдук. Карибскай муораҕа үөскүүр. Олохсуйбут сириттэн ырааппат.
- P. h. cristatus — саамай кыра подвид. Австралия уонна Тасмания кытылларыгар уонна өрүстэригэр олохсуйар.
Өссө маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Бу көтөргө сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |