Иһинээҕитигэр көс

Apple

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Apple.Inc
Көрүҥэ Аһаҕас тэрилтэ
Тэриллибитэ 1976
Штаб-квартира АХШ: Купертино, штат Калифорния
Тутаах дьоно Стив Джобс (төрүттээбитэ) Тим Кук (бэрэсидьиэнэ)
Индустрията Электроника, информационнай технологиялар
Оҥоһуулара MacBook, MacBook Pro, iPad, iMac, iPhone, iPod, Apple TV, Apple Watch
Барыhа ↑ $1,044 трлн (2018)[1]
Үлэhиттэрэ ↑ 116000 (2016)[2]
Уэбсайта apple.com

Apple Inc. (нууч. Эпл) — Америка Холбоһуктаах Штааттарын корпорацията, персональнай уонна планшетнай компьютердары, смартфоннары, портативнай плеердары, чаһыылары уонна программалары оҥорон таһаарар тэрилтэ. Компьютердар оҥоруутун бастыҥа.[3]

Үчүгэй дизайн уонна инновационнай технологиялары туттарын иһин индустриятыгар дэҥҥэ көстөр репутацияны ылбыта, уонна дьон сөбүлүүр оҥуһүтары ылбыта.[4] 2018 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр саамай ыарахан сыаналаах хампаанньа буолбута – $1,044 трлн.[5]

2018 сылга 500 саамай ордук үлэ биэрэр тэрилтэриттэн үһүс миэстэни ылбыта (Forbes).[6]

Fortuna 500 уонна Nasdaq компонеҥҥа холбонор.

Тэрилтэ аата (ааҥл. Apple, нууч. Эпл) дьаабылакаттан тахсыбыта, уонна логотипыгар эмиэ яблоко туттулубута.

2007 сыл тохсунньу 9 күнүгэр дылы хампааньа официальнай аата "Apple Computer, Inc." диэн этэ. Бу күнтэн компьютер диэн тылын ылан кэбиспиттэрэ, тоҕо диэн компьютертан ураты атын электрониканы оҥорор этилэр.

  • Джобс Apple диэн ааты түлүпүөн ыйынньыгыттан талбыта. Ыйынньыкка тэрилтэ түлүпүөнүн нүомэрэ былдьа-һааччылар иннинэ кэлэрин курдук, Джобс "Apple" диэн ааты талбыта.[7].
  • Macintosh — америкаҕа атыыланар дьаабылака суорта — Джеф Раскин саамай сөбүлүүр суорта. Кини Стив Джобс иннинэ Macintosh төрүгүн салайааччыта уонна оҥорооччута этэ.

Тэрилтэни Стив Джобс, Рональд Уэйн уонна Стив Возняк Калифорнияҕа тэрийбиттэрэ. "MOS Technology 6502" диэн процессор олоҕугар бастакы персональнай компьютердарын 1970-с сыллар ортолоругар оҥорбуттара. Хас да уон компьютер атыылаан баран, эдэр урбаанньыттар үбүнэн хааччыйыы ылбыттара уонна 1976 сыл муус устар 1 күнүгэр тэрилтэрэлигэр официальнай Apple Computer, Inc. аат биэрбиттэрэ.[8].

акционердар, бас билээччилэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • 24% көҥүл эргийэр
  1. Apple Inc. - Quote(ааҥл.). Reuters. Тургутулунна 8 Тохсунньу 2017.
  2. Annual Report 2016 on SEC Filing Form 10-K. Apple, Inc. (26 October 2016).
  3. Знакомьтесь: компьютер // Под ред. В. М. Курочкина. — М.: Мир, 1989. ISBN 5-03-001147-1
  4. MacNN Staff. Apple, Google tops in loyalty survey. Macnn News. MNM Media, LLC (11 Бэс ыйын 2006). Тургутулунна 19 Ыам ыйын 2010.
  5. Apple подорожала до триллиона долларов. Так много ни одна компания никогда не стоила.
  6. "Forbes определил лучших работодателей мира" (in ru). Verelq News. 2018-10-11. http://verelq.am/ru/node/37264. Retrieved on 2018-10-12. 
  7. Знакомьтесь: компьютер. Пер. с англ. Под ред. и с предисл. В. М. Курочкина. — М.: Мир, 1989. — 240 с, ил. ISBN 5-03-001147-1
  8. История компании Apple: 16.02.2010 :: История компании Apple Архыыптаммыт 2010, Кулун тутар 29 күнүгэр.